Вернуться к русскому языку Translate into English Ins Deutsche bersetzen
Версия для слабовидящих
Поиск
678205, Республика Саха (Якутия), Вилюйский улус, село Лекечен, Центральная улица, 11

Наш адрес
8 (41132) 2-47-62
Контактный номер

Новости Сельского дома культуры «Сайдам»

Муниципальное бюджетное учреждение
«Лекеченский сельский дом культуры «Сайдам»»

Впервые в Лекеченском наслеге в 1982 году построили новый объект и читальный зал под названием «Аа5ар балаган» руководителями работали Шамаев Федот Федотович и Шамаев Петр Кириллович, затем читальный зал «Аа5ар балаган» в 1949 году был переименован как новый отдельный объект сельского дома.

Заведующими и директорами работали:

1.     1949 г. – Семенов Степанов Дмитриевич

2.     1958-59 гг.- Алексеев Трофим Кузьмич

3.     1960-62 г.г-Яковлев Афанасий Нифонтович

4.     1963-75 г.г.-Шамаев Егор Федотович

5.     1975-1979г.г- Мискаев Виктор Степанович

6.     1980-82 г.г.-Семенов Юрий Васильевич

7.     1982-83г.г- Иванов Анатолий Николаевич.

8.     1983-84 г.г.-Харлампьев Геннадий Петрович

9.     1984-86 г.г.-Михайлова Антонина Афанасьевна

10.                       1986-87 г.г.-Дмитриева Розалия Николаевна

11.                       1987-92 г.г.-Новикова Ольга Петровна

12.                       1993-95 г.г.-Никифоров Алексей Алексеевич

13.                       1996г. – Новиков Владимир Петрович

14.                       1997-99 г.г.-Никифоров Алексей Алексеевич

15.                       1999-2002 г.г.-Евсеев Гаврил Степанович

16.                       2002-2003 г.г.-Лыткин Валерий Алексеевич

17.                       2003-2004 г.г..-Яковлева Анна Васильевна

18.                       2004 г.-2011г. Филиппова Виктория Владимировна

19.                       2011г.-1012г. Доргонова Анна Владимировна

20.                       2012г.-2015г. Филиппова Виктория Владимировна

21.                       2015г- 2020г. Никифоров Алексей Алексеевич

22.                       2020 г. Гаврильева Римма Викторовна

1960-62 г.г-Яковлев Афанасий Нифонтович директор.


        Афанасий Нифонтович Яковлев – Республикаҕа соҕотох “Балыксыт балаҕана” этнографическай музей төрүттээччитэ,”2000 Үтүө дьыала“ знак кавалера, Саха Республикатын айылҕа харыстабылын туйгуна, педагогическай үлэ ветерана Баппаҕаайы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо. Саха Өрөспүүбүлүкэтин премьер министириттэн грамоталаах уонна кыһыл көмүс чаһыы бэлиэлээх. “Лөкөчөөн нэһилиэгэ”, “Балыксыкка сүбэ”, “Балыксыт саҥата” кинигэлэр автордара.

1963-75 г.г.-Шамаев Егор Федотович


Биһиги аҕабыт Шамаев Егор Федотович, олорбут олоҕо төһө да кылгас буоллар, биһиэхэ оҕолоругар да, кинини кытта бииргэ алтыспыт, бэл кылгас кэмҥэ билсибит дьоҥҥо киһи кэрэтэ, үтүөтэ этэ диэн умнуллубат үтүө өйдөбүл хаалбыт эбит диэн биһиги оҕолоро, сааһыран истэхпит аайы, өссө күүскэ билэн иһэбит.
Биһиги аҕабыт Шамаев Егор Федотович 1940 сыллаахха, атырдьах ыйыгар  Лөкөчөөн нэһилиэгэр баар «Дьэким өтөҕөр» төрөөбүтэ. Кыра оҕо эрдэҕиттэн ыарыһах, ону таһынан, соҕотох оҕо буолан, ийэлээх, аҕатын, эбэтин муҥура суох тапталларыгар, угуттанан улааппыта. 7 сааһын туолан, Лөкөчөөҥҥө арыллыбыт саҥа оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ. Үөрэҕэр үчүгэйинэн куруук холобурга сылдьара. Кыра эрдэҕиттэн буочара үчүгэйэ. Ол саҕаттан, уруһуйга дьоҕурдааҕа биллибитэ.
Оскуоланы Хампаҕа бүтэрбитэ. Салгыы үөрэниэн баҕалааҕа да, ыарыһахтаан ситэ үөрэммэтэҕэ. Ол эрэн, хайа да үөрэхтээх дьонтон итэҕэһэ суох билиилээх-көрүүлээх, сайдыылаах, интэриэстээх, тус санаалаах этэ. Ол да буоллар уруһуйдуур, ыллыыр, артыыстыыр, баяҥҥа кыратык доҕуһуоллуур буолан, төрөөбүт нэһилиэгин кулуубугар бэрт ситиһиилээхтик, үтүө суобастаахтык өр сылларга үлэлээбитэ.
Үлэтигэр сүрдээх бэриниилээҕэ, түүннэри-күнүстэри кулуубугар буолара. Кини киһи быһыытынан ыраас санаалаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыаннаах, кэрэни, үчүгэйи сыаналыыр, өйдүүр, дьоҥҥо тириэрдэр, биһигини ол эйгэҕэ ииппит-үөрэппит мындыр өйдөөх, талааннаах кэрэ киһи этэ. Дьоҥҥо, оҕоҕо ураты эйэҕэс сыһыаннааҕа. Кини бэриниилээх табаарыс, амарах аҕа, сүрдээх көрдөөх-нардаах, олоҕу олус таптыыр, уйан дууһалаах, амарах киһи этэ. Дьону көҕүлүүр, мунньа тардар талааннааҕа. Ол саҕанааҕы оҕо да, улахан да дьон кулуубка кэнсиэркэ да испэктээккэ да кыттыбатах диэн суоҕа. Бары үөрүүнэн сөбүлэһэн араас тэрээһиннэр буолаллара. Кини туруоруутугар араас испэктээкиллэр бэрт ситиһиилээхтик, көхтөөхтүк туруоруллаллара. Бэйэтэ араас дьоруойдары артыыстыыра. Араас иэйиилээх ырыалаах, үҥкүүлээх кэнсиэрдэр буолаллара. Биир да бырааһынньык кини иэйиилээх толоруулаах ырыата суох ааспаттара. Үксүн   сөбүлээн Аркадий Алексеев ырыаларын толороро.
Биһиги аҕабыт киһи быһыытынан сүрдээх эйэҕэс, элэккэй, дьээбэлээх куруук күлэ сылдьар буолааччы. Биир ураты хаачыстабытынан дьону өйдүүр, өйүүр дьоҕурдааҕа.  Билиҥҥэ диэри дьоннор кинини  үтүө эрэ тылынан ахталларын истэн, биһиги  аҕабытынан өссө киэн туттабыт.
1966 сыллаахха  учууталлыы кэлбит Иванова Анна Руфовнаны  көрсөн, ыал буолбуттара. 7 оҕону төрөтөн, баҕатын курдук, элбэх оҕолоох ыал буолбуттара. Аҕабыт элбэх оҕону тулаайах хаалларан ыарахан ыарыыттан 46 да сааһын туолбакка сылдьан, бу олохтон туораабыта. Кини элбэх оҕолооҕуттан наһаа үөрэрэ, биһигини муҥура суох таптыыра. Билигин кини оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ кини ситэ олорботох олоҕун салгыыллар.
 
Лөкөчөөн, оҕолоро. 2019 сыл.

 

1978-80 г.г.- Доргонов Владимир Васильевич


1982-83гг. Иванов Анатолий Николаевич.


1981-82 г.г.-Семенов Юрий Васильевич


1983-84 г.г.-Харлампьев Геннадий Петрович.


Геннадий Петрович Харлампьев -  Бүтүн Аан Дойдутааҕы 1, 2-с, 7-с  варганнай конгресстар   кыттыылааҕа. Хомуска Гиннесс рекордун олохтоспут импровизатор хомусчут 2013 с. Саха Республикатын культуратын туйгуна.

1984-86 г.г.-Михайлова Антонина Афанасьевна


Булуу улууһун Лөкөчөөн нэһилиэгэр Андреева-Михайлова Антонина Афанасьевна-АЙТЫЫНА  ыам ыйын 11 кунугэр 1961 с кун сирин көрбутэ.
        1981сыллаахха Булуутээҕи педучилищены бүтэрэн дойдутугар Лөкөчөөҥҥө алын кылаас оҕолоругар учууталлаабыта. Кини үөрэппит оҕолоро учууталлара ураты иһирэх сыһыаннааҕын, оҕолуу ыраас санаалааҕын, кинилэргэ ол эрэ кэмҥэ буолбакка улааппыттарын да кэннэ доҕордуу сыһыан хаалбытын бэлиэтээн кэпсииллэр. Антонина бары өттүнэн дэгиттэр талааннаах буолан кэлин кулуубка улэһитинэн, онтон кулууб дириэктэринэн улэлээбитэ. Ол саҕана дьон-сэргэ улэтэ-хамнаһа ыарахан, түбүгэ элбэх да буоллар, ордук сэргэх курдуга. Кини нэһилиэк араас тэрээһиннэригэр, республиканскай күрэхтэһиилэргэ актыыбынайдык кыттан, тэрийэн кыайыылара элбэҕэ, нэһилиэкпит аата куруук инники күөҥҥэ сылдьара. Кэнсиэрткэ дьон кыайан хомуллубатаҕына хас биирдии киһини дьиэтигэр баран, түлүппүөннээн, болҕомтотун ууран нэһилиэнньэ дьонун барытын эдэриттэн эмэнигэр дылы хамсатара. Ол иһин кулууб үлэтэ быдан көстүүлээх этэ. Ол саҕана гостуруол бөҕө кэлэр-барар этэ, биһиги нэһилиэкпит кыра диэн ааһа да барыахтарын Антонина кинилэри иһирэхтик көрсерун, суолта биэрэрин иһин быһа аспаттар этэ. Бэйэтин элбэх суруйбут сценарийынан сценка туруоран, ырыа тылын, хоһоон суруйан бэйэтэ да ааҕар, толорор этэ.
     Кэлин 1998 с. кэргэнин Лыткин Валерий Алексеевиһы кытта Эликос диэн ыччат түмсүүтүн тэрийэн икки улуус, биэс нэһилиэгин тумэн ол кэмнээҕи улахан хамсааһыны оҥорбуттара. Ыччат политикатын министерствотыттан 2004 сылга грант ылбыттара. Ол улахан проект суруллан, тэрээһин  үлэлээбитэ 21 сыла номнуо буолла.  Элбэх  ыччаты түмэн, аныгылыы тэтиминэн  ситиһиилээхтик билигин да үлэлии турар.  
     2002 сылга ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйа биэрэпиһигэр сүдү кылаатын иһин түөскэ кэтиллэр бэлиэннэн наҕараадаламмыта.  2005 сылаахха  Республикатаа5ы дьиэ кэргэн  уонна о5о ыччат  комитетыттан грант ылбыта, президентэн махтал  сурук туппута. 2003 сыллаахха дылы кулуубка дириэктэринэн улэлээбитэ.
      Кэлин кини айылҕалаах киһи буолан атын эйгэҕэ баран эмчит, уйулҕаһыт буолбута.
Никифорова Татьяна Афанасьевна –ТАЙААНА
СР(Я) Культуратын туйгуна

1986-86 г.г.-Дмитриева Розалия Николаевна


1987-92 г.г.-Новикова Ольга Петровна


1993-99 г.г.-Никифоров Алексей Алексеевич


1998-2000 г.г.-Евсеев Гаврил Степанович

2000-2003 г.г.-Лыткин Валерий Алексеевич
 Лыткин Валерий Алексеевич, Лыткина Антонина Афанасьевна тэрийбит  “ЭЛИКОС” эдэр ыччат түмсүүтэ Лөкөчөөҥҥө 2000 сылтан кииннэнэн үлэлиир.Түмсүүгэ биэс Бүлүү, Горнай улуустарын нэһилиэктэрин эдэр ыччата,  икки түһүмэхтээх култуурнай –спортивнай күрэхтэһиигэ кытталлар.Лыткина Антонина Афанасьевна “Сырдык Кут” диэн
 авторскай программаннан улэлээбитэ. Кини 2004 сылга президент 50000 гранын ылбыта. 2001 сылга Бүлүү улууһун саамай үчүгэй үлэлээх түмсүү  номинация кыайыылааҕа.

2003-2004 г.г..-Яковлева Анна Васильевна


Мин Яковлева Анна Васильевна Дьокуускайдааҕы Культура Колледжын хореографотделениятын 1993 сыллаахха бүтэрбитим. Ол кэннэ норуот айымньытын дьиэтигэр Хотугу норуот специалиһынан үлэлэлээбитим. Бүлүү улууһуттан төрүттээх Яковлев Яков Антоновичка 1998 сыллыыхха кэргэн тахсыбытым.
Лөкөчөөн нэһилиэгэр2001 сыллаахха баһылык Леонтьев Александр Афанасьевич ыҥырыытынан,дьиэ кэргэмминээн көһөн тиийбиппит. “Сайдам” сынньалаҥ киинигэр 2002 сылтан 2004 сылга диэри дириэктэринэн  үлэлээбитим. Осипов Алексей Прокопьевич –музруктаан,Филиппова Виктория Владимировна –худрук,Андреева Пелагея Ивановна –библиотекарь сүрдээҕин тапсаммыт үлэлээбиппит.
Үлэлиир кэммитигэр дьону  кытта саҥа билсэммин араас тэрээһиннэри ыытарбыт. Нэһилиэк эдэр ыччаттара оччолорго ыччат лидера-Доргонова Анна Владимировна этэ, детсат,оскуола, ЖКХ көхтөөхтүк кытталлара,түмсүүлэр саҥа тэриллэн  испиттэрэ. «Сарыалчаан»диэн үҥкүү ансаамбылын тэрийэммин күрэхтэргэ кыттарбын,нэһилиэнньэни сэргэхситэрбит.Эргэ кулууп аварийнай диэннэр тохтото сатыыллара,күһүн  улахан өрөмүөн оҥорбуппут.Осипова Валерия  Васильевна, Сидорова Мария Васильена, Мария,Юрий Николаевтар ,эдэр ыччат көмөлөспүттэрэ.Нэһилиэнньэ наһаа көхтөөх,сайаҕас дьоннордоох,бары биир дьиэ кэргэн курдук убаһан олороллор.Билигин санаатахха үөрэбин,астынабын,куруутун угуйар сүдү да күүстээх эбит…Төһө да кылгас кэмҥэ үлэлээтэрбин бэйэм кыра кылааппын киллэрбитим буолуо дии саныыбын. Олус күндүтүк саныыбын,ахтабын,суохтуубун.Ббилигин Бүлүүгэ олоробун,4 о5олоохпун,Оскуола5а эбии үөрэхтээһинигэр 1школаҕа үлэлиибин.

2004 г.-Филиппова Виктория Владимировна

Доргонова Анна Владимировна

 Доргонова Анна Владимировна- 2012 сылтан  Лөкөчөөн нэһилиэгэр Муниципальнай  тэриллии баһылыгынан үлэлиир, “Отличник молодежной политики Республики Саха (Якутия)”; “ Отличник сельского хозяйства Республики Саха (Якутия)”; “За вклад в проведении переписи насиления России – 2010г”; “За вклад в развитии МОО “ЭЛИКОС””; “За вклад в развитии ЖКХ и Энергетики в Республики Саха (Я)”. 

Лөкөчөөммүтүгэр аспаал суолун арыллыыта 21.10.2023 Лөкөчөөммүтүгэр аспаал суолун арыллыыта
Алтынньы ый 21 күнэ нэһилиэкпитигэр биир бэлиэ күнүнэн  буолла. Ол курдук нэһилиэк иһинээҕи киин уулуссаҕа аспаал ууруллан үөрүүбүт үксээтэ, кыралыын улаханныын бары то5уоруҺа мустан үөрүүлээх  быһыыга-майгыга арыйдыбыт. Тэрэһиҥҥэ улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Иван ЕВСЕЕВ, оройуон дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Гаврил КОРЯКИН, улуус баһылыгын промышленнаска уонна инрафструктура сайдыытыгар солбуйааччыта Никифор САВВИНОВ, оройуон сэбиэтин дьокутаата Егор КОНСТАНТИНОВ. НэҺилиэкпит олохтоохторугар уонна ыалдьыттарга, үөрүүлээх түгэнинэн бырааһынньыктааҕы туорд оҥоһулунна, аҕыйах кэнсиэртнэй нүөмэр турда.

"Ийэҕэ махтал" эҕэрдэ кэнсиэрт 20.10.2023 "Ийэҕэ махтал" эҕэрдэ кэнсиэрт
Алтынньы 20 күнүгэр "Ийэҕэ махтал" диэн бырааһыньыктааҕы эҕэрдэ кэнсиэркэ оҕолор ийэлэринээн кыттыыны ыллылар. Чаҕылхай үҥкүүлэр, күлүүлээх сыанкалар, истиҥ-иһирэх ырыалар нэһилиэкпит дьонун сэргэттилэр.

11.10.2023 Кыргыттар күннэригэр анаммыт "Пижамнай вечеринка"
Алтынньы 11 күнүгэр нэһилиэкпит кыргыттарарыгар анаан Пижамнай вечеринка диэн мероприятие буолан ааста. Оҕолор оонньоон, фотозонаҕа хаартыскаҕа түһэн, шведский остуолга аһаан уонна киинэ көрөн астыныылара үгүс. 


06.10.2023 Аҕам саастаахтар күннэрэ
Алтынньы 6 күнүгэр үгэскэ кубулуйбут "Дууһам миэнэ өрүү эдэр" диэн Аан дойдутааҕы аҕам саастаахтар декадалара буолан ааста. Эти-хааны чэбдигирдэр хамсаныылары оҥорон нэдиэлэни саҕалаатылар, ол кэннэ ылбаҕай ырыа кэһиилээх, илии тутуурдаах нэһилиэкпит баһылыга Анна Владимировна Доргонова, кырдьаҕастар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Розалия Николаевна Дмитриева, Сайдам сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ уонна нэһилиэкпит актыбыыстара ытык кырдьаҕастары кэрийэн сүргэлэрин көтөхтүлэр. Нэдиэлэ түмүгэр бары мустан, итии чэйдээх остуолга олорон ирэ хоро кэпсэтэн, оонньоон, ыллаан дуоһуйа сынньанан тарҕастылар.



05.10.2023 Учуутал күнүгэр аналлаах эҕэрдэ видеоролик
Билиигэ угуйар Эрэллээх сирдьиппит Күн - кэрэ киһибит- Учуутал, эйиэхэ Үөрэтэр үтүөҕэр Муударай сүбэҕэр Махтанан тураммыт Истиҥ тыл кэрэтин Махталбыт ырыатын Сүрэхпит мичээрин Култуура үлэһиттэриттэн Аныыбыт эйиэхэ!

27.09.2023 Баспытаатал күнүгэр аналлаах эҕэрдэ видеоролик
Баспытаатал биһиэхэ Остуоруйа да кэпсиир, Таабырын да таайтарар, Ахсаан эмиэ үөрэтэр. Ырыа ыллаан эйээрэр, Үңкүүлээн да тэлээрэр. Өссө кини биһигинниин Тэбис - тэңңэ оонньооччу. Быраас буолан эмтээччи, Массыына да ыытааччы. Оҕолордуун оҕо буолар, Тэбис – тэңңэ күлэр – үөрэр. Сырдыгынан сыдьаайан, Эйэҕэстик мичээрдээн, Баспытаатал биһиэхэ – Иккис ийэбит кэриэтэ.

"Көмүс күһүн" түөлбэлэринэн күрэх 27.09.2023 "Көмүс күһүн" түөлбэлэринэн күрэх
Лөкөчөөн нэһилиэгэр түөлбэлэринэн ыытыллар “Көмүс күһүн” тэрээһин буолан ааста. “Сарыал”, “Чараҥ” ,”Сайдыы” түөлбэ олохтоохторо көхтөөхтүк кыттыыны ыллылар. Сиһилии салҕыы ааҕыҥ...

"Сааскы күллэринньик" көр-күлүү киэһэтэ 11.04.2023 "Сааскы күллэринньик" көр-күлүү киэһэтэ
Муус устар 6 күнүгэр, "Сайдам" култуура киинин иһинэн тэриллибит театральнай коллективпыт "Сааскы күллэринньик" диэн көр-күлүү киэһэтин нэһилиэк олохтоохторугар көрдөрдүлэр. Коллектив норуот биһирэбилин ылбыт Аркадий Новиков сценкаларыттан уонна араас тэттик туруоруулары көрдөрдүлэр. Ону тэҥэ эдэр талааннаах кыыспыт Эльвира Новикова английскайдыы ырыалары ыллаан бар дьонугар бэлэхтээтэ. Түгэнинэн, "Сайдам" култуура киинин дириэктэрэ Гаврильева Римма Викторовна улуустааҕы аһаҕас көр-күлүү "Күлбэкэ көрүдьүөстэрэ" кыайыылаахтарын уонна анал аакка тиксибит кыттааччыларын эҕэрдэлээтэ. Нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ көр-күлүү киэһэтигэр кэлэннэр күннээҕи түбүктэрин умнан, күлэн-үөрэн, дуоһуйа сынньанан тарҕастылар!

"Күрбэкэ көрүдьүөстэрэ" көр-күлүү күрэҕэ 31.03.2023 "Күрбэкэ көрүдьүөстэрэ" көр-күлүү күрэҕэ
Кулун тутар 30 күнүгэр Үгүлээт нэһилиэгэр театральнай искусствоны үйэтиппит - Бүөтүр Игнатьевич Павлов 90 сааһын көрсө "Күлбэкэ көрүдьүөстэрэ" аһаҕас көр-күлүү күрэҕэр Лөкөчөөммүт театральнай бөлөҕө ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр. Ол курдук: - "Толору үрдүк маастарыстыба" анал ааты ылла Анна Михайловна Мойтохонова. - "Музыкальнай көрүҥ" 1 үктэл ааты ыллылар Анна Трофимовна Николаева уонна Алексей - Алексеевич Никифоров "Мотуона" диэн норуот ырыатынан. - Көр-күлүү күрэҕэр уопсай түмүгүнэн театральнай бөлөхпүт "Сибэкки" диэн клоунаданнан "Муҥур кыайыылаах" чыпчаал анал ааты ылан 50 000 тыһыынчаннан наҕараадаланан үөрүүлэрэ үгүс. Нэһилиэк баһылыга Анна Владимировна Доргонова: ,Күлбэкэ көрүдьүөстэрэ,, бүгүҥҥү улуустааҕы аһаҕас көр-күлүү конкурсугар кулууппут театральнай бөлөҕө МУҤУТУУР КЫАЙЫЫЛААҔА буолбутунан итии-истиҥ эҕэрдээ👏👏👏💐💐💐 Кыттыыны ылбыт артыыстарбытыгар, кинилэри илдьибит суоппардарбытыгар БАРҔА МАХТААЛ!!!

"Күн мичээрдэрэ" күрэх түмүгэ 24.03.2023 "Күн мичээрдэрэ" күрэх түмүгэ
Бүлүү улууһугар доруобуйа сылын чэрчитинэн, Кулун тутар 23 күнүгэр Бүлүүтээҕи культурнай сайдыы уонна норуоднай творчество сыантыра тэрийбит «Күн мичээрдэрэ» диэн күрэххэ А.И. Леонтьев аатынан Лөкөчөөн орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ «Ураанхайдар» диэн үҥкүүнэн кыттан, III миэстэни ылан дьон биһирэбилин ыллылар. Оҕолорго, төрөппүттэригэр уонна салайааччыларыгар Алексеева С. В. өссө да элбэх ситиһиилэри.

Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба күнэ 24.03.2023 Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба күнэ
Бүгүн кулун тутар 23 күнүгэр олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба күнүгэр "Үлэнэн чиэстээһин"- диэн ахтыы биэчэрэ буолан ааста. Алексеева Анна Николаевна туһунан хос сиэнэ Христина Максимова-Сергина кэпсээтэ уонна үлэһиттэргэ эҕэрдэ нүөмэрин бэлэхтээтэ. Николаев Никита Игнатьевич туһунан хос сиэнэ Лөкөчөөн орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ Алексеева Милана кэпсээтэ. Малышев Михаил Васильевич туһунан Лөкөчөөн орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ сиэнэ Константинова Карина кэпсээтэ. Харлампьев Прокопий Петрович туһунан Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба начаальнига Николаев Семен Семенович кэпсээтэ. Новиков Петр Гаврильевич туһунан хос сиэнэ Лөкөчөөн орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Егоров Айтал кэпсээтэ. Гаврильев Альберт Викторович туһунан балтыта Гаврильева Римма Викторовна кэпсээтэ. Ксенофонтов Спиридон Алексеевич туһунан кыыһа Лидия Спиридоновна истиҥ иһирэх тылларынан ахтан ааста.

10.02.2023 Вечер памяти А. С. Пушкина
10 февраля день памяти величайшего поэта, родоначальника русской литературы и русского языка Александра Сергеевича Пушкина. Провели ряд мероприятий посвященных памяти. Конкурс рисунков для детей. Показ сказок.

Алтынньы 4 кунугэр сомо5олоьуу кунугэр «Бары бииргэ, биир сомоҕо» акция кэнсиэрт буолан ааста. Киирбит уп барыта Саха сириттэн быстах байыннай хомуурга ынырыллыбыттарга барыа5а. 04.11.2022 Алтынньы 4 кунугэр сомо5олоьуу кунугэр «Бары бииргэ, биир сомоҕо» акция кэнсиэрт буолан ааста. Киирбит уп барыта Саха сириттэн быстах байыннай хомуурга ынырыллыбыттарга барыа5а.

Саха норуодунай поэта, ССРС суруйааччыларын сойууhун чилиэнэ П.Н. Тобуруокап төрөөбүтэ 105 сылыгар аналлаах "Кэрэҕэ көтүү" диэн хоһоон күрэҕэ буолан ааста 31.10.2022 Саха норуодунай поэта, ССРС суруйааччыларын сойууhун чилиэнэ П.Н. Тобуруокап төрөөбүтэ 105 сылыгар аналлаах "Кэрэҕэ көтүү" диэн хоһоон күрэҕэ буолан ааста
Бу хоьоон аа5ыытын курэ5ин сыалынан-соругунан буолла: Саха сирин народнай поэта Петр Николаевич Тобуруокап аатын уйэтитээри, кини айымньыларын кытта билсээри, аа5аары, истээри, бэйэбитигэр сананы арыйаары. Уопсайа 3 бөлөххө арахсан күрэхтэстилэр, кыттааччыларга барыларыгар сертификат, кыайыылаахтарга грамота уонна сэмэй бэлэх тутарылынна.

Комсомол күнэ 26.10.2022 Комсомол күнэ
«Эн, Комсомол, мин дьолум!» — бу чахчы үчүгэйгэ угуйар тыллары аҕам саастаах дьоммут олус астына-дуоһуйа истэллэр. Сэбиэскэй кэм саҕана комсомоллар хамсааһыннара олус күүстээҕэ, этэргэ дылы, хайаны да түҥнэри көтөр кыахтаахтара. Бүгүн — Комсомол төрүттэммит күнэ! Түгэнинэн туһанан, "Сайдам" кэлэктиибин аатыттан аҕам саастаах дьоммутун ис сүрэхпититтэн комсомол күнүнэн итиитик-истиҥниҥ эҕэрдэлиибит уонна хоруйдарга эппиэттииргитигэр ыҥырабыт!

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ийэ күнүн уонна Арассыыйаҕа аҕа күнүн бэлиэтиир "Ийэм аҕам түннүктэрэ" диэн эҕэрдэ,ахтыы биэчэрэ буолан ааста 23.10.2022 Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ийэ күнүн уонна Арассыыйаҕа аҕа күнүн бэлиэтиир "Ийэм аҕам түннүктэрэ" диэн эҕэрдэ,ахтыы биэчэрэ буолан ааста

14 октября День флага Республики Саха (Якутия) 14.10.2022 14 октября День флага Республики Саха (Якутия)
Символика Голубой фон республиканского флага Сахи олицетворяет красоту и величие Якутии, очарование Севера и непростые условия жизни местного населения. Белая полоса – образ снега, а также символ чистоты и доброты. Красный – традиционный цвет в прикладном искусстве якутов. Зеленый – ассоциация с зеленью местной природы и дружбой между народами севера. Белый круг в центре флага – образ полярного солнца и традиционный символ связи с предками согласно древнему якутскому эпосу. История Флаг, композиция которого была разработана авторским коллективом из Л. Д. Слепцовой, М. Г. Старостина, А. П. Захаровой, был принят республиканским парламентом Саха в 1992 году. В Государственном геральдическом регистре официальному флагу Республики Саха (Якутия) присвоен номер 183.

Вакцинация от COVID-19 22.06.2021 Вакцинация от COVID-19

08.10.2020 Открытие сайта МБУ «Лекеченский СДК «Сайдам»
Сегодня открылся наш новый сайт. Надеемся, что он будет полезен для Вас!


Наверх