Вернуться к русскому языку Translate into English Ins Deutsche bersetzen
Версия для слабовидящих
Поиск
678205, Республика Саха (Якутия), Вилюйский улус, село Лекечен, Центральная улица, 11

Наш адрес
8 (41132) 2-47-62
Контактный номер

Новости Сельского дома культуры «Сайдам»

RSS
18.03.2024

"Бүлүү долгуна"

Бүлүү улууһун А.И.Леонтьев аатынан Лөкөчөөн орто оскуолатын дошкольнай группа үлэһиттэрин "Тэтим" үҥкүү бөлөҕүн толоруутугар "Бүлүү долгуна" үҥкүү, салайааччы Корякина М.Ф.

08.03.2024

Аан Дойду кэрэ аҥаардарын күнүгэр эҕэрдэ видеоролик.

14.02.2024

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ!

Төрөөбүт сахатын тылын сайыннарыыга-чинчийиигэ олоҕун анаабыт, саха алфавитын төрүттээбит, бастакы лингвист Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр тубэhиннэрэн, олунньу 13 күнэ төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн бэлиэтэнэр. Бу дьаhал Саха Республикатын бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев ыйааҕынан 1996 сыллаахха олохтоммута.
Ол курдук Лөкөчөөммүт нэһилиэгэр бу күн "Мин ийэ тылым - Саха тылым" өйү тургутуу хамаанданан күрэх буолан ааста.
1. Кыайыы өрөгөйүн "ҺӨҔҮҤ" хамаанда ылла. - Малышева Мария Михайловна - Николаева Варвара Георгиевна - Алексеева Матрена Алексеевна - Прокопьева Велюна - Николаева Розалия Николаевна 2 миэстэни "Далбардар" хамаанда ылла. - Мойтохонова Анна Михайловна - Петрова Варвара Ивановна - Васильева Розалия Спиридоновна - Протопопова Федора Петровна - Колтовская Саргылана Валерьевна 3 миэстэни "Ураанхай сахалар" хамаанда ылла. - Ксенофонтова Лидия Спиридоновна - Син-Хой Светлана Семеновна - Петрова Айта Лаврентьевна - Корякина Мария Федотовна - Протопопова Сахая Леонидовна 4 миэстэни "Кыдьымах" хамаанда ылла. - Яковлев Иван Андреевич - Данилов Аял Дмитриевич - Никифоров Алексей Алексеевич - Петров Дархан Петрович - Семенов Василий Юрьевич

09.11.2023
04.11.2023
"Дойдубут туһугар - биир сомоҕо!" акция кэнсиэрт

"Дойдубут туһугар - биир сомоҕо!" акция кэнсиэрт

Сэтинньи 4 күнүгэр дойду үрдүнэн Норуот сомоҕолоһуутун күнэ бэлиэтэнэр. Дойду үрдүнэн бүрүүкээбит уустук кэмҥэ хас биирдиибит тугу сатыырынан, кыайарынан бэйэ бэйэбитигэр көмөлөһүөх тустаахпыт диэн санааннан салайтаран, барыта этэҥҥэ буоларын туһугар акция концерт тэриллэн, харчы хомуллан уолаттарбытыгар  ыытылынна.

30.10.2023
П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах литературно-поэтическай биэчэр

П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах литературно-поэтическай биэчэр

Саха суруйааччыта, филолог-учуонай, общественнай диэйэтэл, саха сэбиэскэй литэрэтиирэтин төрүттээччи Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаан кыыһа Сардаана Ойуунуская суруйбут "Хочугур уола Былатыан" дьүһүйүү- поэматынан литературнай-тематическай киэһэ буолла. Оҕолор театральнай коллективтара "Мөккүөр", "Көҥүл ырыата", "Син биир буолбаат?!!" айымньылары туруордулар. Ону тэҥэ П.А.Ойуунускай "Өйдөөх оҕо","Үчүгэй түҥэтик" кэпсээниттэн "Сайдам" култуура киинин коллектива уһулбут тэттик киинэлэрэ көһүннүлэр. Биктэриинэ түмүгүнэн 100 бааллаахтарга туоһу суруктар туттарылыннылар.

25.10.2023
П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах биктэриинэ

П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах биктэриинэ

Саха советскай литературатын төрүттээччи, суруйааччы, учуонай, уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна общественнай деятель Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах биктэриинэ

Наверх