Вернуться к русскому языку Translate into English Ins Deutsche bersetzen
Версия для слабовидящих
Поиск
678205, Республика Саха (Якутия), Вилюйский улус, село Лекечен, Центральная улица, 11

Наш адрес
8 (41132) 2-47-62
Контактный номер

Новости Сельского дома культуры «Сайдам»

Муниципальное бюджетное учреждение
«Лекеченский сельский дом культуры «Сайдам»»

Впервые в Лекеченском наслеге в 1982 году построили новый объект и читальный зал под названием «Аа5ар балаган» руководителями работали Шамаев Федот Федотович и Шамаев Петр Кириллович, затем читальный зал «Аа5ар балаган» в 1949 году был переименован как новый отдельный объект сельского дома.

Заведующими и директорами работали:

1.     1949 г. – Семенов Степанов Дмитриевич

2.     1958-59 гг.- Алексеев Трофим Кузьмич

3.     1960-62 г.г-Яковлев Афанасий Нифонтович

4.     1963-75 г.г.-Шамаев Егор Федотович

5.     1975-1979г.г- Мискаев Виктор Степанович

6.     1980-82 г.г.-Семенов Юрий Васильевич

7.     1982-83г.г- Иванов Анатолий Николаевич.

8.     1983-84 г.г.-Харлампьев Геннадий Петрович

9.     1984-86 г.г.-Михайлова Антонина Афанасьевна

10.                       1986-87 г.г.-Дмитриева Розалия Николаевна

11.                       1987-92 г.г.-Новикова Ольга Петровна

12.                       1993-95 г.г.-Никифоров Алексей Алексеевич

13.                       1996г. – Новиков Владимир Петрович

14.                       1997-99 г.г.-Никифоров Алексей Алексеевич

15.                       1999-2002 г.г.-Евсеев Гаврил Степанович

16.                       2002-2003 г.г.-Лыткин Валерий Алексеевич

17.                       2003-2004 г.г..-Яковлева Анна Васильевна

18.                       2004 г.-2011г. Филиппова Виктория Владимировна

19.                       2011г.-1012г. Доргонова Анна Владимировна

20.                       2012г.-2015г. Филиппова Виктория Владимировна

21.                       2015г- 2020г. Никифоров Алексей Алексеевич

22.                       2020 г. Гаврильева Римма Викторовна

1960-62 г.г-Яковлев Афанасий Нифонтович директор.


        Афанасий Нифонтович Яковлев – Республикаҕа соҕотох “Балыксыт балаҕана” этнографическай музей төрүттээччитэ,”2000 Үтүө дьыала“ знак кавалера, Саха Республикатын айылҕа харыстабылын туйгуна, педагогическай үлэ ветерана Баппаҕаайы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо. Саха Өрөспүүбүлүкэтин премьер министириттэн грамоталаах уонна кыһыл көмүс чаһыы бэлиэлээх. “Лөкөчөөн нэһилиэгэ”, “Балыксыкка сүбэ”, “Балыксыт саҥата” кинигэлэр автордара.

1963-75 г.г.-Шамаев Егор Федотович


Биһиги аҕабыт Шамаев Егор Федотович, олорбут олоҕо төһө да кылгас буоллар, биһиэхэ оҕолоругар да, кинини кытта бииргэ алтыспыт, бэл кылгас кэмҥэ билсибит дьоҥҥо киһи кэрэтэ, үтүөтэ этэ диэн умнуллубат үтүө өйдөбүл хаалбыт эбит диэн биһиги оҕолоро, сааһыран истэхпит аайы, өссө күүскэ билэн иһэбит.
Биһиги аҕабыт Шамаев Егор Федотович 1940 сыллаахха, атырдьах ыйыгар  Лөкөчөөн нэһилиэгэр баар «Дьэким өтөҕөр» төрөөбүтэ. Кыра оҕо эрдэҕиттэн ыарыһах, ону таһынан, соҕотох оҕо буолан, ийэлээх, аҕатын, эбэтин муҥура суох тапталларыгар, угуттанан улааппыта. 7 сааһын туолан, Лөкөчөөҥҥө арыллыбыт саҥа оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ. Үөрэҕэр үчүгэйинэн куруук холобурга сылдьара. Кыра эрдэҕиттэн буочара үчүгэйэ. Ол саҕаттан, уруһуйга дьоҕурдааҕа биллибитэ.
Оскуоланы Хампаҕа бүтэрбитэ. Салгыы үөрэниэн баҕалааҕа да, ыарыһахтаан ситэ үөрэммэтэҕэ. Ол эрэн, хайа да үөрэхтээх дьонтон итэҕэһэ суох билиилээх-көрүүлээх, сайдыылаах, интэриэстээх, тус санаалаах этэ. Ол да буоллар уруһуйдуур, ыллыыр, артыыстыыр, баяҥҥа кыратык доҕуһуоллуур буолан, төрөөбүт нэһилиэгин кулуубугар бэрт ситиһиилээхтик, үтүө суобастаахтык өр сылларга үлэлээбитэ.
Үлэтигэр сүрдээх бэриниилээҕэ, түүннэри-күнүстэри кулуубугар буолара. Кини киһи быһыытынан ыраас санаалаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыаннаах, кэрэни, үчүгэйи сыаналыыр, өйдүүр, дьоҥҥо тириэрдэр, биһигини ол эйгэҕэ ииппит-үөрэппит мындыр өйдөөх, талааннаах кэрэ киһи этэ. Дьоҥҥо, оҕоҕо ураты эйэҕэс сыһыаннааҕа. Кини бэриниилээх табаарыс, амарах аҕа, сүрдээх көрдөөх-нардаах, олоҕу олус таптыыр, уйан дууһалаах, амарах киһи этэ. Дьону көҕүлүүр, мунньа тардар талааннааҕа. Ол саҕанааҕы оҕо да, улахан да дьон кулуубка кэнсиэркэ да испэктээккэ да кыттыбатах диэн суоҕа. Бары үөрүүнэн сөбүлэһэн араас тэрээһиннэр буолаллара. Кини туруоруутугар араас испэктээкиллэр бэрт ситиһиилээхтик, көхтөөхтүк туруоруллаллара. Бэйэтэ араас дьоруойдары артыыстыыра. Араас иэйиилээх ырыалаах, үҥкүүлээх кэнсиэрдэр буолаллара. Биир да бырааһынньык кини иэйиилээх толоруулаах ырыата суох ааспаттара. Үксүн   сөбүлээн Аркадий Алексеев ырыаларын толороро.
Биһиги аҕабыт киһи быһыытынан сүрдээх эйэҕэс, элэккэй, дьээбэлээх куруук күлэ сылдьар буолааччы. Биир ураты хаачыстабытынан дьону өйдүүр, өйүүр дьоҕурдааҕа.  Билиҥҥэ диэри дьоннор кинини  үтүө эрэ тылынан ахталларын истэн, биһиги  аҕабытынан өссө киэн туттабыт.
1966 сыллаахха  учууталлыы кэлбит Иванова Анна Руфовнаны  көрсөн, ыал буолбуттара. 7 оҕону төрөтөн, баҕатын курдук, элбэх оҕолоох ыал буолбуттара. Аҕабыт элбэх оҕону тулаайах хаалларан ыарахан ыарыыттан 46 да сааһын туолбакка сылдьан, бу олохтон туораабыта. Кини элбэх оҕолооҕуттан наһаа үөрэрэ, биһигини муҥура суох таптыыра. Билигин кини оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ кини ситэ олорботох олоҕун салгыыллар.
 
Лөкөчөөн, оҕолоро. 2019 сыл.

 

1978-80 г.г.- Доргонов Владимир Васильевич


1982-83гг. Иванов Анатолий Николаевич.


1981-82 г.г.-Семенов Юрий Васильевич


1983-84 г.г.-Харлампьев Геннадий Петрович.


Геннадий Петрович Харлампьев -  Бүтүн Аан Дойдутааҕы 1, 2-с, 7-с  варганнай конгресстар   кыттыылааҕа. Хомуска Гиннесс рекордун олохтоспут импровизатор хомусчут 2013 с. Саха Республикатын культуратын туйгуна.

1984-86 г.г.-Михайлова Антонина Афанасьевна


Булуу улууһун Лөкөчөөн нэһилиэгэр Андреева-Михайлова Антонина Афанасьевна-АЙТЫЫНА  ыам ыйын 11 кунугэр 1961 с кун сирин көрбутэ.
        1981сыллаахха Булуутээҕи педучилищены бүтэрэн дойдутугар Лөкөчөөҥҥө алын кылаас оҕолоругар учууталлаабыта. Кини үөрэппит оҕолоро учууталлара ураты иһирэх сыһыаннааҕын, оҕолуу ыраас санаалааҕын, кинилэргэ ол эрэ кэмҥэ буолбакка улааппыттарын да кэннэ доҕордуу сыһыан хаалбытын бэлиэтээн кэпсииллэр. Антонина бары өттүнэн дэгиттэр талааннаах буолан кэлин кулуубка улэһитинэн, онтон кулууб дириэктэринэн улэлээбитэ. Ол саҕана дьон-сэргэ улэтэ-хамнаһа ыарахан, түбүгэ элбэх да буоллар, ордук сэргэх курдуга. Кини нэһилиэк араас тэрээһиннэригэр, республиканскай күрэхтэһиилэргэ актыыбынайдык кыттан, тэрийэн кыайыылара элбэҕэ, нэһилиэкпит аата куруук инники күөҥҥэ сылдьара. Кэнсиэрткэ дьон кыайан хомуллубатаҕына хас биирдии киһини дьиэтигэр баран, түлүппүөннээн, болҕомтотун ууран нэһилиэнньэ дьонун барытын эдэриттэн эмэнигэр дылы хамсатара. Ол иһин кулууб үлэтэ быдан көстүүлээх этэ. Ол саҕана гостуруол бөҕө кэлэр-барар этэ, биһиги нэһилиэкпит кыра диэн ааһа да барыахтарын Антонина кинилэри иһирэхтик көрсерун, суолта биэрэрин иһин быһа аспаттар этэ. Бэйэтин элбэх суруйбут сценарийынан сценка туруоран, ырыа тылын, хоһоон суруйан бэйэтэ да ааҕар, толорор этэ.
     Кэлин 1998 с. кэргэнин Лыткин Валерий Алексеевиһы кытта Эликос диэн ыччат түмсүүтүн тэрийэн икки улуус, биэс нэһилиэгин тумэн ол кэмнээҕи улахан хамсааһыны оҥорбуттара. Ыччат политикатын министерствотыттан 2004 сылга грант ылбыттара. Ол улахан проект суруллан, тэрээһин  үлэлээбитэ 21 сыла номнуо буолла.  Элбэх  ыччаты түмэн, аныгылыы тэтиминэн  ситиһиилээхтик билигин да үлэлии турар.  
     2002 сылга ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйа биэрэпиһигэр сүдү кылаатын иһин түөскэ кэтиллэр бэлиэннэн наҕараадаламмыта.  2005 сылаахха  Республикатаа5ы дьиэ кэргэн  уонна о5о ыччат  комитетыттан грант ылбыта, президентэн махтал  сурук туппута. 2003 сыллаахха дылы кулуубка дириэктэринэн улэлээбитэ.
      Кэлин кини айылҕалаах киһи буолан атын эйгэҕэ баран эмчит, уйулҕаһыт буолбута.
Никифорова Татьяна Афанасьевна –ТАЙААНА
СР(Я) Культуратын туйгуна

1986-86 г.г.-Дмитриева Розалия Николаевна


1987-92 г.г.-Новикова Ольга Петровна


1993-99 г.г.-Никифоров Алексей Алексеевич


1998-2000 г.г.-Евсеев Гаврил Степанович

2000-2003 г.г.-Лыткин Валерий Алексеевич
 Лыткин Валерий Алексеевич, Лыткина Антонина Афанасьевна тэрийбит  “ЭЛИКОС” эдэр ыччат түмсүүтэ Лөкөчөөҥҥө 2000 сылтан кииннэнэн үлэлиир.Түмсүүгэ биэс Бүлүү, Горнай улуустарын нэһилиэктэрин эдэр ыччата,  икки түһүмэхтээх култуурнай –спортивнай күрэхтэһиигэ кытталлар.Лыткина Антонина Афанасьевна “Сырдык Кут” диэн
 авторскай программаннан улэлээбитэ. Кини 2004 сылга президент 50000 гранын ылбыта. 2001 сылга Бүлүү улууһун саамай үчүгэй үлэлээх түмсүү  номинация кыайыылааҕа.

2003-2004 г.г..-Яковлева Анна Васильевна


Мин Яковлева Анна Васильевна Дьокуускайдааҕы Культура Колледжын хореографотделениятын 1993 сыллаахха бүтэрбитим. Ол кэннэ норуот айымньытын дьиэтигэр Хотугу норуот специалиһынан үлэлэлээбитим. Бүлүү улууһуттан төрүттээх Яковлев Яков Антоновичка 1998 сыллыыхха кэргэн тахсыбытым.
Лөкөчөөн нэһилиэгэр2001 сыллаахха баһылык Леонтьев Александр Афанасьевич ыҥырыытынан,дьиэ кэргэмминээн көһөн тиийбиппит. “Сайдам” сынньалаҥ киинигэр 2002 сылтан 2004 сылга диэри дириэктэринэн  үлэлээбитим. Осипов Алексей Прокопьевич –музруктаан,Филиппова Виктория Владимировна –худрук,Андреева Пелагея Ивановна –библиотекарь сүрдээҕин тапсаммыт үлэлээбиппит.
Үлэлиир кэммитигэр дьону  кытта саҥа билсэммин араас тэрээһиннэри ыытарбыт. Нэһилиэк эдэр ыччаттара оччолорго ыччат лидера-Доргонова Анна Владимировна этэ, детсат,оскуола, ЖКХ көхтөөхтүк кытталлара,түмсүүлэр саҥа тэриллэн  испиттэрэ. «Сарыалчаан»диэн үҥкүү ансаамбылын тэрийэммин күрэхтэргэ кыттарбын,нэһилиэнньэни сэргэхситэрбит.Эргэ кулууп аварийнай диэннэр тохтото сатыыллара,күһүн  улахан өрөмүөн оҥорбуппут.Осипова Валерия  Васильевна, Сидорова Мария Васильена, Мария,Юрий Николаевтар ,эдэр ыччат көмөлөспүттэрэ.Нэһилиэнньэ наһаа көхтөөх,сайаҕас дьоннордоох,бары биир дьиэ кэргэн курдук убаһан олороллор.Билигин санаатахха үөрэбин,астынабын,куруутун угуйар сүдү да күүстээх эбит…Төһө да кылгас кэмҥэ үлэлээтэрбин бэйэм кыра кылааппын киллэрбитим буолуо дии саныыбын. Олус күндүтүк саныыбын,ахтабын,суохтуубун.Ббилигин Бүлүүгэ олоробун,4 о5олоохпун,Оскуола5а эбии үөрэхтээһинигэр 1школаҕа үлэлиибин.

2004 г.-Филиппова Виктория Владимировна

Доргонова Анна Владимировна

 Доргонова Анна Владимировна- 2012 сылтан  Лөкөчөөн нэһилиэгэр Муниципальнай  тэриллии баһылыгынан үлэлиир, “Отличник молодежной политики Республики Саха (Якутия)”; “ Отличник сельского хозяйства Республики Саха (Якутия)”; “За вклад в проведении переписи насиления России – 2010г”; “За вклад в развитии МОО “ЭЛИКОС””; “За вклад в развитии ЖКХ и Энергетики в Республики Саха (Я)”. 

20.11.2024 Лөкөчөөн нэһилиэгэ - бары биир сомоҕо.

14.11.2024 Лөкөчөөн эр дьоно нэһилиэнньэҕэ муус ылан киллэрдилэр.

12.11.2024 Лөкөчөөн нэһилиэгэ, сайыҥҥы уонна кыһыҥҥы көстүүтэ.

12.11.2024 Егоров Степа 1 класс

02.11.2024 Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылыгар аналлаах XIX өрөспүүбүлүкэтээҕи "Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу" уоланнар ааҕыыларыгар кыттыбыт Лөкөчөөн орто оскуолатын уолаттара аахпыт хоһоонноро.

15.04.2024 Күөгү күрэҕэ 2024

15.04.2024 Күөгү күрэҕэ 2024

18.03.2024 "Бүлүү долгуна"
Бүлүү улууһун А.И.Леонтьев аатынан Лөкөчөөн орто оскуолатын дошкольнай группа үлэһиттэрин "Тэтим" үҥкүү бөлөҕүн толоруутугар "Бүлүү долгуна" үҥкүү, салайааччы Корякина М.Ф.

08.03.2024 Аан Дойду кэрэ аҥаардарын күнүгэр эҕэрдэ видеоролик.

24.02.2024 Лөкөчөөн ытык кырдьаҕаһын Марк Никифорович ахтыыта уонна олунньу 23 күнүнэн эҕэрдэтэ.

14.02.2024 Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ!
Төрөөбүт сахатын тылын сайыннарыыга-чинчийиигэ олоҕун анаабыт, саха алфавитын төрүттээбит, бастакы лингвист Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр тубэhиннэрэн, олунньу 13 күнэ төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн бэлиэтэнэр. Бу дьаhал Саха Республикатын бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев ыйааҕынан 1996 сыллаахха олохтоммута.
Ол курдук Лөкөчөөммүт нэһилиэгэр бу күн "Мин ийэ тылым - Саха тылым" өйү тургутуу хамаанданан күрэх буолан ааста.
1. Кыайыы өрөгөйүн "ҺӨҔҮҤ" хамаанда ылла. - Малышева Мария Михайловна - Николаева Варвара Георгиевна - Алексеева Матрена Алексеевна - Прокопьева Велюна - Николаева Розалия Николаевна 2 миэстэни "Далбардар" хамаанда ылла. - Мойтохонова Анна Михайловна - Петрова Варвара Ивановна - Васильева Розалия Спиридоновна - Протопопова Федора Петровна - Колтовская Саргылана Валерьевна 3 миэстэни "Ураанхай сахалар" хамаанда ылла. - Ксенофонтова Лидия Спиридоновна - Син-Хой Светлана Семеновна - Петрова Айта Лаврентьевна - Корякина Мария Федотовна - Протопопова Сахая Леонидовна 4 миэстэни "Кыдьымах" хамаанда ылла. - Яковлев Иван Андреевич - Данилов Аял Дмитриевич - Никифоров Алексей Алексеевич - Петров Дархан Петрович - Семенов Василий Юрьевич

03.01.2024 Сайдыы түөлбэ Саҥа Дьыллааҕы көрдөрүүтэ

03.01.2024 Сарыал түөлбэ Саҥа Дьыллааҕы көрдөрүүтэ

Лөкөчөөн нэһилиэгэ төрүттэммитэ 106 сыла 20.11.2023 Лөкөчөөн нэһилиэгэ төрүттэммитэ 106 сыла

09.11.2023 Лөкөчөөн нэһилиэгэ төрүттэммитэ 106 сылыгар анаан “Дойдум иэйиитэ” хоһоон айыытын күрэҕин балаһыанньата.
хоһоон айыытын күрэҕин балаһыанньатын туһунан сиһилии манна көр!

Лөкөчөөн нэһилиэгэ төрүттэммитэ 106 сылын көрсө “Лөкөчөөн инники кэскилэ” уруһуй күрэҕин балаһыанньата. 09.11.2023 Лөкөчөөн нэһилиэгэ төрүттэммитэ 106 сылын көрсө “Лөкөчөөн инники кэскилэ” уруһуй күрэҕин балаһыанньата.
Күрэхтэһии балаһыанньатын, сиһилии манна киирэн көр!

"Дойдубут туһугар - биир сомоҕо!" акция кэнсиэрт 04.11.2023 "Дойдубут туһугар - биир сомоҕо!" акция кэнсиэрт
Сэтинньи 4 күнүгэр дойду үрдүнэн Норуот сомоҕолоһуутун күнэ бэлиэтэнэр. Дойду үрдүнэн бүрүүкээбит уустук кэмҥэ хас биирдиибит тугу сатыырынан, кыайарынан бэйэ бэйэбитигэр көмөлөһүөх тустаахпыт диэн санааннан салайтаран, барыта этэҥҥэ буоларын туһугар акция концерт тэриллэн, харчы хомуллан уолаттарбытыгар  ыытылынна.

П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах литературно-поэтическай биэчэр 30.10.2023 П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах литературно-поэтическай биэчэр
Саха суруйааччыта, филолог-учуонай, общественнай диэйэтэл, саха сэбиэскэй литэрэтиирэтин төрүттээччи Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаан кыыһа Сардаана Ойуунуская суруйбут "Хочугур уола Былатыан" дьүһүйүү- поэматынан литературнай-тематическай киэһэ буолла. Оҕолор театральнай коллективтара "Мөккүөр", "Көҥүл ырыата", "Син биир буолбаат?!!" айымньылары туруордулар. Ону тэҥэ П.А.Ойуунускай "Өйдөөх оҕо","Үчүгэй түҥэтик" кэпсээниттэн "Сайдам" култуура киинин коллектива уһулбут тэттик киинэлэрэ көһүннүлэр. Биктэриинэ түмүгүнэн 100 бааллаахтарга туоһу суруктар туттарылыннылар.

П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах биктэриинэ 25.10.2023 П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах биктэриинэ
Саха советскай литературатын төрүттээччи, суруйааччы, учуонай, уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна общественнай деятель Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах биктэриинэ


Наверх